Ветеран ВОВ Дорофеев Дорофеев Михаил Николаевич
- 06/02/2023
- 68
- 1
Танкист, морской пехотинец этим
Мин, Дорофеев Михаил Николаевич, 1924 с. Нам улууhун Хатың Арыы нэhилиэгин Искра учаастагар төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүттэр бэhиэбит. Ийэм 18 – та ођоломмут да, үгүстэр кыра сыльдан өлбүттэр. Ол иhин абааhыттан куоттаран буолуо, икки уолу Степан, икки уолу Михаил, кыыhы Мария диэн ааттабыттар.
Улахан Степаны ађабын кытта биргэ төрөөбүт эдьийбит Анна Дмитриевна Охлопкова ылан ођо оңостубут. Эдийбит кэргэнинээн Охлопков Петр Николаевич – Улахан Бүөтүрдүүн ођолоро суох эбит. Ол иhин убайбын Охлопков Степан Николаевич диэн бэйэлэрин ођолорунан суруттарбыттар. Кинилэр кэнники биир Михаилы эмиэ ылан ииппиттэр, Охлопков Михаил Николаевич диэн суруттаран ођо оңостубуттар. Ити Михаил билигин элбэх ођолоох, ыал баhылыга, тыыл ветерана, Дьокуускай куоракка олорор.
Ађабын, Дорофеев Николай Дмитриевиhы, отутус сылларга кулаактааhыңңа түбэhиннэрэн колхозка чилиэнинэн ылбатахтара. Кыыллааhынтан тэскилээн Дьокуускай куоракка өр олорбута. Олох кэнники төрөөбүт улууhугар тахсан олохсуйбута уонна кырдьан, ыалдьан өлбүтэ.
Убайым Охлопков (Дорофеев) Степан Николаевич ађа дойду Улуу сэриитигэр бастакы хомурга 1941 сыллаахха от ыйыгар ыңырыллыбыта. Сэрии иннинэ Хамађатта кыыhын Еремеева Пелагея Степановнаны кэргэн ылбыта. Армийађа барарыгар Мотя диэн кыыhа хаалбыта.
Мотя Павлов Игнат Павловичка кэргэн тахсан түөрт уолу төрөтөн баран эдэр сааһыгар өлбүтэ. Убайым сиэннэрэ Валерий, Степан, Сергей, Павел Павловтар билигин төрдүөн үлэһит дьон. Убайым хайдах, ханна сэрилэспитин чуолкай билбэппин. Ленинградскай фроңңа сэриилэhэ сылдьан 1942 сыллаахха сурађа суох сүттэ диэн биллэрии кэлбитэ.
Билигин Искра алааhыгар биир дойдулаахтара, аймахтара бииргэ сайылаан олорон сэриигэ бастакы хомуурга барбыт уонна дойдуларыгар эргиллибэтэх үс уолаттарын кэриэстэн туруорбут памятниктара Хаара Уулаах сайылыгар турар. Хомойуох иhин, кэлээччи – барааччы ыраађы өйдөөбөт дьон сааннан ытыалаан алдьаталларыттан бука бары абатыйабыт.
Балтым Мария, сурдьум Степан өр сылларга колхозка, кэнники «Хатың – Арыы» совхозка үлэлээбиттэрэ. Кыhыл Дэриэбинэђэ олохсуйбуттара. Мария ођолоро билигин онно олороллор, үлэлиллэр. Ийэлэрэ ыалдьан өлбүтэ. Степан үлэ ветерана, пенсионер.
Мин Дьокуускайга 2 № — дээх оскуоланы үөрэнэн бүтэрбитим. Салгыы Дьокуускайдађы педрабфакка үөрэммитим. 1942 сыллаахха педрабфак үhүс куурсугар үөрэнэ сырыттахпына 18 сааспын туолааппын кытта балађан ыйыгар армияђа ылбыттара. Бастаан Забайкальеђа Мальта станцияђа тиийэн икки ый үөрэммитим. Онтон Новосибирскай уобалас Бердс станцияђа (билигин куорат) воинскай чааска сулууспалаабытым.
1942 сыл ахсынньы бүтүүтүгэр немецкэй хабырдьыттары утары арђаа фроңңа атаарбыттара. Сэрии уотун бастаан Воронежскай уобаласка Листки станция таhыгар бомбалааhыңңа түбэhэн билбитим. Онно тимир суол алдьанан үс хоммуппут, эшелонтан 40 – чэ киhи өлөн, арааньа буолан хаалбыта.
1943 сыл муус устар саңатыгар Ворошиловоградскай уобаласка Нижней Дубинки бөhүөлэккэ гвардейскай механизированнай корпуска тиийбиппит. Онтон үөрэхтээх сођус 150-чэ киhини талан Саратов куоракка таанковай оскуолађа ыыппыттара. Алта ый үөрэнэн старшай сержант – радист – стрелок званияламмытым. Ураалтан, Нижнэй Тагилтан заводтан танка ыла барбыппыт. Экипаажтар бары көмөлөөн Т – 34 саңа таанкалары хомуйбуппут, боеприпаас, сэп – сэбиргэл ылбыппыт.
Ылбыт Т – 34 таанкаларбытын платформађа тиэйэн алтынньы бүтүүтүгэр Чернигов куоракка кэлбиппит. Черниговтан таанкаларбытынан Днепр өрүhү туораан, Лоев куорат таhыгар баар плацдармңа тиийбиппит. Онно 16 – с таанковай бригаада састаабыгар холбообуттара. Мин таанковай взводка ыстааршай лейтенант Цилеткай командирдаах таанкађа радист – стрелогынан киирбитим.
1943 сыллаахха Улуу Октябрьскай революция быраhынньыгын – сэтинньи 7 күнүн тыађа көрсүбүппүт. Сэтинньи 10 – с күнүгэр Гомельскай уобылас Речица туhаайыытынан наступленияђа барбыппыт. Маңнайгы күнүгэр немец бастакы линиятын ылбыппыт. Иккис күнүгэр немец иккис линиятын ылаары сарсыардаттан атаакађа киирбиппит.
Пүлүмүөтүнэн, пуушканнан ыта – ыта кимэн кирэрбитигэр буулдьаттан куттаммаппыт. Куттанарбыт диэн снаряд, бомба. Таанкавай оскуолађа сэриигэ сылдьыбыт кырдьађас танкистар «Танка испиискэ курдук умайар, онон умайдыгыт да куотуң» диэн үөрэтэллэрэ. Ону умнубатты өйдөөбүппүт.
Балачча барбыппыт кэннэ, хаңас өттүбүтүгэр противотанковай миинэ дэлби тэппитэ. Механик – водительбыт соhуллан хаалла таанкабыт тохтоото. Командирбыт «Инники люгынан механигы таhаарыс» диэн приказтаата. Мин көмөлөhөн таhаарыстым. Командирым – «Тахсыма, ытыалаhыахха» диэтэ. Биhигиттэн 300 – 400 м немецтэр окоопалара баарын, дьон төбөтө чочоруhарын көрдүм. Пулемётынан ол окопаны ытыалаатым.
Чаас аңаара ытыаласпыппыт кэннэ уңа өттүбүтүгэр улухан тыас доргуйбута, төлөөннөх уот көстүбүтэ. Умайбыт дии санаан рациям колонкатын арааран инники люгунан таhырдьа тахсан истэхпинэ көхсүм аhыс гынна, тахсан уhун эрбэhин быыhыгар түстүм. Командирым «Мигин батыс!» диэн хаhытаата. Сыыллан батыстым. Эргиллэн көрбүтүм – таанкакбыт умайан эрэр эбит.
Икки өттүбүтүттэн пехота сытар сирин миномётынан харса суох ыталлар эбит. Сыыллан биhиги пехотабыт сытар сиригэр тийдибит. Биирдэ өйдөөбүтүм автомаатым таанкам иhигэр хаалбыт, курбар икки граната эрэ баар эбит. Личнай оружиям суођуттан куттанан, суутттанар буоллум дии санаатым. Өлбүт саллааттан автомат ылар санаалах пехотинеhы көрсөн автоматнай взвод ханна баарын сурастым. Киhим ыраахтар диэтэ. Оччо ыраах автомат көрдүүр кыах суох буолла. Ол сыыллан истэхпинэ хаңас өттүбэр буруо бурђас гынна, өттүкпэр уот аhыйда. Илиибинэн бигээн көрбүтүм туох эрэ чоройо сылдьар — миинэ оскуолага эбит. Итиитигэр улаханных ыалдьыбат, аhытар. Ол аттыбар түспүт миинэ воронкатыгар сыыллан киирэн сыттым.
Хараңаран барда, атаакабыт сатаммата дии санаатым. Ол сыттахпына связистар кэллилэр, кинилэртэн тыловой чаастар ханна баалларын ыйыттым – «Бу проводы батыhан бар» диэтилэр. Тыын былдьаhан провод устун балтараа километр кэриңэ сыыллан истэхпинэ кэннибиттэн биир ыарахан араанньынайы таhааран иhэр үс киhи ситтилэр. Көрдөспүүппэр дьонум миигин эмиэ ыллылар ол курдук умайбыт дэриэбинэђэ кэллибит.
Онно умайбыт дьиэ оhођун сылаас кирппииччэлэригэр хоннубут. Түүн түлүкүчүйэн утуйбатым. Сарсыарданнан бааhым ыарыта сүрдэннэ, хамнаппат. Миигин санчаастан кэлэн наhылкалаан илдьэ бардылар. Санчаска ађалан бэрэбээскэлээтилэр, элбэх араанньа буолбуттары грузовой массыынађа тиэйэн полевой госпиталга ађалбыттара уонна Рейки диэн дэриэбинэђэ ыалларынан тарђаппыттара. Мин украиналыы саңарар ыалга уонча хонукка сыттым. Плеңңэ түбэhэртэн куттаммыппытыгар — сотору санитаарнай поеhынан тыылга атаарыахпыт диэтилэр.
Товаарнай поезд кэлбитигэр солуомађа сытыаран тыылга ыттылар. Москва чугаhыгар биhигини дьиңнээх санитаарнай поездка көhөрдүлэр. Казань куоракка тиийэн госпитальга ађыс ый эмтэнэ сыттым. Саас, бэс ыйыгар, «годен к нестроевой службе» диэн госпитальтан таhааран военкомакка ыыппыттара. Ийэ дойду үрдүнэн военнай балаhыанньа буолан, военкомаат миигин атах таңаhын оңорор фабрикађа үлэђэ анаабыта. Онно подготовительнай цыахх бухгалтериятыгар счетоводынан ылбыттара. Икки ый үлэлээн баран военкомааттан үчүгэй буоллум, строевойга ытыың диэн көрдөспүтүм. Фроңңа барар санаабын толорон военкомат «годен к строевой» оңорон Казаань таhыгар связь 10 – с запасной пуолкатыгар ыыппыта. Сотору пуолкабытын Киев куоракка аатырбыт армия генерала Ватутин похоронатыгар ыыппыттара.
1944 сыллааха күhүн финнар капитуляциялаабыттарын кэннэ Ленинградка ађалбыттара. Саңа тэриллэр Поркаккала – Уддка диэн тумус арыыга байыаннай — морской базађа, морской пехотађа анаабыттара. Кыайыыны – 1945 сыл ыам ыйын 9 күнүн онно корсүбүппүт.
1945 сыл күhүөрү, Эстонияђа баандалар үөскээтилэр диэн түөрт сүүсчэкэ морской пехотинецтары Балтийскай флот контрразведкатын дьаhылыгар Эстонияђа таhаарбыттара. Онно алтынньы, сэтинньи ыйдарга дэриэбинэлэринэн, хутордарынан бандьыыттары булан, бэринэччилэри тутан, утарылаhаачылары сэрилээн сылдьыбыппыт. Советскай диэки санаалаах эстонецтар биhиги командаванийабытыгар этэн, ыйан биэрэллэрэ.
Биир операацияђа биhигини – старшайбыт, переводчикпыт эстонец, уонна үс морпехтары дьиэђэ засаадађа хаалларбыттара. Сарайы, о.д.а. сирдэри көрдүбүт, онтон конюшняђа тиийбиппит ат аhыыр хоруудатын анныгар боппуольда баар эбит. Эстонецпыт тобуктаан туран солуоманы тарыйбытыгар хаптаhын кылбас гыммыта. Мин автомааппын бэлэм тутан турбутум. Киhим хаптаhыны өрө тардыбытыгар эмискэ алларааттан автомат уочарата өрө хабылла түспүтэ. Эстонецпыт умса баран түстэ, мин автомаппынан ыта — ыта кэннибинэн чиңэрийдим. Алларааттан харса суох ыталлар. Таhырдьа сылдьыбыт икки уолбут сырсан кэллилэр.
Биhиги граната бырађаары сүбэлэстибит да, табаарыспыт ааны бүөлүү охтубут. Ол турдахпытына уулусса нөгүө дьиэ сарайыттан пулемёт тыаhа тирилээтэ. Ортоку турбут уолбут тиэрэ баран түстэ. Калмыков диэн Сибиир уола хортуопуй бааhынатын диэки сүүрдэ, мин ампаар кэннинэн суол диэки сүүрдүм. Суол канаватынан сыыллан бөhүөлэк таhыгар массыынабар барар санаалаахпын. Ол массыынабытыгар суоппар уонна биир морпех хаалбыттара.
Суол канааватынан сыыллан истэхпинэ буулдьа тыаhа үрдүбүнэн чыбыгыраата. Сотору ыталлара тохтоото, көрбөттөр быhыылаах. Дьоммор кэлэн сапыгыбын устубутум буулдьа атађым уңуођун тарыйбакка сиирэ – халты ньылбы көппүтүн бэрэбээскилээн хаанын тохтоттум. Итиитигэр кыратык дођолоңнуубун эрэ.
Атын группалар биhиги ытыалаhарбытын истэннэр ол дьиэђэ кэлэн эрэллэр эбит. Командиирбыт кэлэн «Дьэни уоттаң!» диэн дьаhайда. Бу хаппсыыhыга группабыттан мин сођотох тыыннах халбыппын эбит.
Кыhыыларын таhаара уолаттар дьэђэ уот астылар, өлбүт үс табаарыстабытын, дьиэлээх ођонньору, уонна атын группалар туппут 5 — 6 бандьыттарын тиэйэн штабпытыгар Хапслы куоракка барбыппыт. Миигин госпитальга иттилэр уонна нэдиэлэ кэринэ эмтээтилэр.
Иккис операция. Олохтоох дьахтар биhиги командаваниябытыгар «Биhиги хуторбытыгар 20 – чэ киhилээх баанда баар. Мин кэргэним Советскай армияђа сулуспалыыр, онно өстүйэн миигин сүгүн олордубатылар, аспын – эппин, арыыбын былдьыллар» диэн тыллаата. Биhиги отучча киhи онно бардыбыт. Түөртүү – биэстии киhини дьиэ аайы тарђаттыбыт.
Ол дьахтар дьиэтигэр төрдүө хааллыбыт, миигин старшайынан анаатылар. Бары араас омуктарбыт — Малаев лезгин, Артюнян – арменин, Журавлев – мордвин, мин сахабын. Түүн мин астыыр оhох үрдүгэр сыттым, уолаттар аллараа. Кулахыта бэрт буолан аанньа утуйбатым. Сарсыарданан нуктаан эрдэхпинэ эмискэ аан аhылынна, биир киhи киирээн кэллэ. Дьахтар эрдэ туран ааны ааспыт быhылаах «Бандьыыт!» диэн хаhыытаата. Көрбүтүм немецкэй френчтээх, аңаар илиитин түөhүгэр уктубут. Мин эмискэ «Хальт, хенде хох!» диэн хаhыытаатым. Киhибит эргичис гынан төптөрү куотаары боруогу атыллаан истэђинэ мин автомаатым куруогун тартым – киhим төкүнүс гыннан истэђинэ Артюнян эмиэ уочарат биэрдэ.
«Сэрэнин, элбэх буолуохтара» диэн уолаттарбын сэрэттим. Уолаттарым таhырдьа ойдулар, сотору киирэн – ким да суох диэтилэр.
Киhибитин көрбүппүт тыынаах эбит, нуччалыы кыратык билэр – «Мин австриецпын, туох да куhађаны оңорботођум, Ленинград таhыттан пленнайдар лађырдарыттан күрээн дойдулаан иhэбин» диэн биhиэхэ кэпсээтэ. Дьиэлээх дьахтартан таңас ылан бааhын бэрэбээскэлээтибит. Мин ыппыт буулдьам бүөрүнэн түhэн хабађын таhынан тахсыбыт, Артюнян буулдьата буутун икки сиринэн дьолө көппүт.
Мин ыстаарастаттан баран атта ађалың диэн икки уолу ыыттым. Сотору ат ађаллылар. Киhибитин телеегађа тиэйэн тохтообут сирбитигэр бардыбыт. Командирга дакылааттан баран киhибитин туттардыбыт. Командиир допуруостаан баран госпитальга ыыттарбыта. Дьиңнээђэ туох киhитэ буоларын биhиэхэ эппэтэхтэрэ, сарсыарданан өлбүт сурађа иhиллибитэ. Эстонияђа икки ый кэринэ араас операцияларга сыльдан баран Таллин куоракка төттөрү байыаннай — морской баазабытыгар кэлбиппит.
1947 сыллаахха муус устар ыйыгар демобилизацияланан, 23 саастаахпар дойдубар кэлбитим, уонна Дьокуускай куоракка икки сыллаах юридическай үөрэххэ киирбитим. Үөрэхпин ситиhилээхтик бүтэрэн юрист идэлэммитим. Араас дуоhунастары этэ сылдьыбыттара да, бэйэм бађабынан адвокаттыы барбытым. Ол сађана сокуон наhаа кытаанах этэ – кыра уоруу, итэђэстээhин аайы 5 сыл хайыыга уураллара. Ол иhин сөбүлээбэккэ, адвокаттаан туhалыа суохпун диэн ити идэбин бырађан 1951 сыллаахха Дьокуускайдаађы учительскай институт историческай факультетыгар үөрэнэ киирбитим. Институту кыhыл дипломнаах бүтэрэн ол идэбинэн сүүрбэччэ сыл араас оройуоннарга, ол иhигэр Намңа учууталлаабытым.
Пенсияђа тахсыахпыттан Граф Биэрэгэр олоробун. Кэргэннээхпин, алта ођолоохпун, ађыс сиэннээхпин. Ађа дойду иккис группатын инвалидынабын. Удостоверениям серията 1 – А, № 399974, 1990 сыллаахха Дьокуускайдаађы Горсобес олунньу 3 күнүгэр биэрбитэ. Билигин олорор аадырыhым – Граф Биэрэгэ, Г.Охлопков аатынан уулусса 6 № — рэ.
Бу дьинэр /М.Н. Дорофеев/
1994 сыл сэтинньи 12 күнэ
Медали «За отвагу», «За боевые заслуги», «За победу над Германией», юбилейные
01.07.1924 – 10.07.1995 г.
Контактный телефон дочери – Христофорова Любовь Михайловна 23-147; 8924-468-62-96
Они- наша гордость, великое и бесстрашное поколение победителей. Неистребимая сила духа, верность Родине, мужество и несгибаемая воля к победе освободили мир от неминуемой гибели. Подвиг ваш неоценим и наша благодарность вам безгранична.
Сколько слез, смертей и горя принесла эта война. И сколько радости принесла победа, которая досталась такой страшной ценной! Прошло уже много лет со времен войны, но мы Вас не забыли, мы помним о ваших подвигах. Они воевали ради нашей жизни, а не ради похвалы.Ведь они не просто люди! Они герои! Они спасли нашу страну от фашизма и мы за это им очень благодарны!